Уведомление
Удалить все
Нет уведомлений
×
RU SA
Түҥ былыргы саҕаттан - Урааҥхай Саха
Автор: Данил Колесов

Yс Саха үөскүөн иннинэ

Түөрт Саха саха төрүөн иннинэ

Эллэй - Саха норуотун төрүттээччи, новатор, бигэ холоон талаанын көрдөххө - тимир ууһа. Кини өлүөнэ өрүc кытыытынан сирдэтэн, билиҥҥи Саха Сиригэр тиийэн олохсуйан, Саха омугун үөскэтэр.

Эллэй аҕата.

Суруйууларга биллэринэн Эллэй аҕатын аата Татаар-Тайма, ол эрэн ити аатын, аат дииргэ хайдах эрэ табыллыбат. Толкуйдаан көрдөххө ити хос аат буолуон сөп. Татаар-Тайма бэйэтэ тимир ууһа буолуон сөп, кини дьиҥнээх Урааҥхай буолар. Төрөөбүт сирэ билиҥҥи Тува Рспубликата (Уранхайский край) диэн буолар. Урааҥхай диэн биир улахан аҕа ууһа буолуон сөп.

Биир үтүө күн Татаар-Тайма сири дойдуну кэрийэ барар. Оннук гынан билиҥҥи Байкал (Байҕал) ортотугар баар Улахан (билиҥҥитэ Ольхон) диэн сиргэ тиийэр. Бу дойдуга кини курдук эмиэ улахан атына суох, биир тылынан саҥараллар. Улахан арыыга тиийбитин кэннэ киниттэн ыйыталлар:

- Доҕоор, эн бу хантан айаннаан кэллин? Хантан төрүттээххиний?

Онуоха Татаар-Тайма этэр:

- Мин Урааҥхай буолабын, аатым ... - диэн хоруйдуур.

- Ээ, биһиги судургу дьон ол дойду ханан баарын билбэппит, ханан баарый?

- Урааҥхайдар диэн ити Татаар-тайма диэки, аллараа өттүгэр баар. - диэн эппиэтэ киниэхэ Татаар-Тайма диэн хос ааты биэрэр.

Ити кэннэ Татаар-Тайма киһитэ диэн ааттыыр буолаллар.

Курыкааннар.

Ити суруллубут барыта Курыкааннар кэмнэригэр буолар. Билиҥҥи Тува, Байкал эҥэрэ, билиҥҥи Саха сирин киин өттө, ити барыта Курыкааннар сирдэрэ буолар эбит. Инник толкуйдаан көрдөххө Омоҕой баай эмиэ Саха киһитэ буолар. Курыкаан диэн тыл, ити уларыйбыт, аныгылыы сурук, урут бэйэтин саҕана Yс хаан - диэн буолар. Ол аата үс улахан аҕа ууһа холбоһон улахан түмсүү тэрийэллэр. Билигин сыыһыахпын сөп, ол эрэн быһа холоон маннык:

1. Урааҥхай

2. Байкал эҥэрэ

3. Центральнай Якутия (Саха сирэ)

Курыкааннар киин сирдэрэ Улахан арыыта буолар, онно куорат да баар буолуон сөп. Билигин онно курыканская стена диэн масштаба киһи суоттаан билбэт куорат руина баар диэххэ сөп.

Курыкааннар аттыларыгар монголлор бааллар. Кинилэр тыллара атын! Ол саҕана монгол уустарын сорохторун кытта атыы-эргиэн барар, сорохторун кытта охсуһан-сэриилэһэн олорбуппут.

Монголлор Yс хаан түмсүүнү: Гурав Хаан - диэн ааттыылар. Гурав диэн монгол тылыгар үс диэн буолар. Ити аныгы источниктарга монгол тылынан хаалбыт Гурав Хаан кэлин Курыкаан диэн уларыйар (ол эбэтэр Yс Курыкаан).

Эллэй уонна Хоро-туматтар

Эллэй бэйэтэ Улахан арыытыгар төрүүр, онно улаатар. Аҕатыттан тимир ууһун үөрэҕэр үөрэнэр. Татаар-Тайма Улахан арыыга тиийэн ойох ылан Эллэйи оҥорбут буоллаҕына, Эллэй хаана буккуллан кыахтаах-уохтаах киһи буолан улааппыт буолуон сөп.

Лев Гумилёв этэринэн норуот хаана буккуллубата5ына 1200 сылынан, генетически кырдьар, мөлтүүр. Быһа холоон ити Курыкааннарга XI уйэ5э буолар. Ол кэмҥэ Бурят - Монголлар (Хоро Туматтар) сэрииннэн саба түһэллэр. Хоро Туматтары Адьырай Ноен Боотур салайан, Улахан арыытыгар улахан сэрии буолар. Кэлин олоҥхоҕо Адьырай абааһы сиэнэ диэн киирэр. Ол сэрии түмүгэр Курыкааннар хотторон, Өлүөнэ өрүс кытыытанан куотан баран саха сиригэр тиийэллэр. Ол куотан эрэн билиҥҥи "Шишкинские горы" - диэн сиргэ уруһуй хаалларан бараллар.

Шишкинские горы (герб Якутии)

Дьэ бу мантан ылата Эллэй остуоруйата саҕаланар...

Бу сурук кылгастык арыйан көрдөрөр, барытын сиһилии суруйдахха ол бу араас ымпыга-чымпыга элбэх. Тоҕо Курыкааннар очуос тааска суруйалларын сөбүлүүллэр? Курыкан империята төһө улаханый? Урааҥхайдар, Суор аҕа ууһа, тимир ууһун үөрэҕэ, толкуйдаан көрдөххө суруллар өссө элбэх...

Войдите или зарегистрируйтесь, чтобы оставить комментарий.
admin
Дьэ бэрт! са5аланна!
Ответить
6 июня 2025